Айсен Николаев поздравляет с Днём народного единства

10:20 - 4.11.2018 / 776 просмотров

Уважаемые якутяне!

От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично сердечно поздравляю вас с Днём народного единства!

Эта памятная дата, символизирующая единение и сплочение народов, стремление жить в мире и согласии, занимает особое место среди государственных праздников современной России.

Республика Саха (Якутия) на протяжении почти четырёх столетий является неотъемлемой частью Российского государства. Жителей нашей многонациональной республики испокон веков объединяла любовь к родной земле, взаимовыручка, добросовестное отношение к труду и общая ответственность за будущее республики и страны. Якутяне искренне гордятся богатой историей, культурой, уникальным духовным наследием многонациональной России.

Единство и согласие народов – это основа процветания любого государства. Только там, где единство и сплочённость народов, будет крепиться мощь и закладываться будущее страны. Всех нас, независимо от вероисповедания, национальности, социального статуса объединяет общая историческая судьба, стремление к труду и созиданию, гражданский долг и ответственность за будущее нашей республики и страны.

Сегодня мы вместе творим историю нашей многонациональной республики, благоустраиваем села и города, строим дороги и дома, вводим социальные объекты, наращиваем культурные и спортивные достижения, воспитываем наших детей на незыблемых основах патриотизма, любви и уважения к ветеранам и старшему поколению. Убеждён, что общими усилиями мы обеспечим нашей республике уверенное движение вперед и добьёмся всех намеченных целей.

Искренне желаю вам и вашим семьям крепкого здоровья, счастья, мира, добра, благополучия и успехов во всех начинаниях на благо процветания Якутии и России!

Глава Республики Саха (Якутия) А.С. Николаев

 Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

Бу норуоттар сомоҕолоһууларын уонна түмсүүлэрин, иллээхтик-эйэлээхтик олорорго дьулуһууларын кэрэһилиир бэлиэ күн аныгы Арассыыйа судаарыстыбаннай бырааһынньыктарын ортотугар уһулуччу миэстэни ылар.    

Саха Өрөспүүбүлүкэтэ түөрт үйэ кэриҥэ Арассыыйа судаарыстыбатын быстыбат сорҕотунан буолар. Элбэх омуктаах өрөспүүбүлүкэбит олохтоохторун быдан үйэлэртэн төрөөбүт ийэ сиргэ таптал, хардарыта көмөлөсүһүү, үлэҕэ үтүө суобастаахтык сыһыаннаһыы уонна өрөспүүбүлүкэбит уонна дойдубут инники кэскилин туһугар уопсай эппиэтинэс түмэр. 

Сомоҕолоһуу уонна норуоттар иллээх-эйэлээх буолуулара – бу ханнык баҕарар судаарыстыба чэчирии сайдар төрүөтэ. Норуоттар сомоҕолоһор уонна түмсүүлээх буоллахтарына, дойдубут кыаҕа бөҕөргүөҕэ уонна инники кэскилэ түстэниэҕэ. Биһигини барыбытын, итэҕэлиттэн, омугуттан, социальнай балаһыанньатыттан тутулуга суох историяҕа киирбит уопсай  дьылҕабыт, үлэҕэ уонна чэчирии сайдыыга дьулуһуу, өрөспүүбүлүкэбит уонна дойдубут туһугар гражданин быһыытынан ытык иэспит уонна эппиэтинэспит түмэр.

Бүгүн бары бииргэ элбэх омуктаах өрөспүүбүлүкэбит чаҕылхай историятын айабыт, сэлиэнньэлэри уонна куораттары тупсаҕай оҥоробут, суоллары уонна дьиэлэри тутабыт, социальнай эбийиэктэри үлэҕэ киллэрэбит, култуураҕа уонна спорка ситиһиилэрбитин хаҥатабыт, оҕолорбутун ийэ дойдуну таптааһын төрүттэригэр, бэтэрээннэргэ уонна аҕа көлүөнэҕэ тапталга уонна ытыктабылга иитэбит. Бары уопсай күүспүтүнэн өрөспүүбүлүкэбит иннин диэки эрэллээхтик хардыылыырын хааччыйыахпыт уонна торумнаабыт сыалларбытын ситиһиэхпит.

Эһиэхэ уонна дьиэ кэргэҥҥитигэр чэгиэн доруобуйаны, дьолу-соргуну, эйэни, үтүө санааны, этэҥҥэ буолууну уонна Саха сирэ уонна Арассыыйа чэчирии сайдалларын туһугар бары саҕалааһыннаргытыгар ситиһиилэри баҕарабын!

Айсен Николаев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана