Хранивший молчание после своего обращения к волонтеру
Антону Васильеву актер Сахатеатра
Гаврил Менкяров прокомментировал скандал, сообщает SakhaDay.
Напомним, что
Гаврил Менкяров, съездивший в составе делегации Всемирного фестиваля молодежи и студентов в Сочи, потребовал, чтобы Антон Васильев публично извинился за то, что оскорбил 150 членов делегации. (Антон тогда сообщил, что на фестивале не был, хотя и был послом).
Гаврил Менкяров написал, что был в родных местах, где нет связи, поэтому про скандал не знал. Прочитал комментарии позже. Его удивила ярость и злость комментирующих, которых кто-то подначивает и подкидывает в пламя дров.
Он посетовал на то, что люди оживляются лишь когда видят скандал и ругань.
Актер считает, что он никого не ругал и не оскорблял, а люди накинулись на него, как долго ждавшие добычу звери. И посоветовал лучше следить за собой и своими словами.
Причем он сообщил, что все грязные слова не причинят ему вреда, у него есть друзья и народ, который поддерживает его. Тем более, судя по аккаунтам, видно, что в основном его ругают тролли.
Также Менкяров подчеркнул, что он потомок олонхосута-сказителя. И словом владеет лучше многих. И если этот талант применит, то ничего хорошего не будет. Но отвечать троллям не собирается.
"С каких пор слово "братан", обозначавшее дружеское отношение, стало ругательным, унижающим и оскорбительным? С каких пор к общению в соцсети стали предъявляться требования? В интернете все строилось на неформальном общении. Кто раздувает скандал? Что с вами, люди? Что происходит?", - удивляется Гаврил.
Sakhaday отмечает, что актер, ранее оперировавший словами "братан" и настаивавший на неформальном общении, обратился к своим подписчикам на якутском языке в высоком художественном стиле, который свойственен людям старшего поколения.
Sakhaday.ru
Үтүө күн буоллун үтүө санаалаах доҕотторбор! Дьэ, доҕоттоор, дойдубар тиийэн, оҕо эрдэхпитттэн ииппит-аһаппыт, умсаахтаан улааппыт эбэбиттэн, дьоммор кыстык муустарын ылсан, сибиэһэй салгынынан иҥсэлээхтик тыынан, дуоһуйа сынньанан кэллим. Хата ынтах сибээс мөлтөх буолан билээхтээбэккэ да сырыттым бу үлүгэр айдааны. Хайдах курдук сибээс хабан, сеть тупсан бараатын кытта амырыын сытынан муннуга астарбыт курдук дьиксиниэхпэр диэри кирдээх комменнар кутуллан түстүлэр. Бу туох өһүллүбэт үлүгэрэй? Бу туох амырыын алдьархайай? Бу туох уоскуйбат, уостубат улуу мөккүөрэ буоллай? Доҕоттоор! Хаһааҥҥыттан дьону кигэн, күөттээн, халбархай тиэмэни арыйан дьонунан дьону үөхтэрэр, тиксиһиннэрэн биэрэр хайҕаллаах быһыы-майгы буолбутай? Хаһааҥҥыттан доҕордуу сыһыаны биллэрэр "братан" диэн тыл үөҕүү, сэнэбили көрдөрөр тыл буолбутай? Хаһааҥҥыттан интернет социальнай ситимҥэ билэр, билсэр киһиэхэ официальнайдык суруйуу ирдэнэр буолбутай? Хайа үтүө санаалаах киһи дьонунан дьону үөхтэрэ-үөхтэрэ махтанартан бокуой булбатый? Хайа үтүө санаалаах айдаан төрүөтэ буоларый? Туох буолбут дьоҥҥутуй хата эһиги бэйэҕит?! Этиһиигэ тиллэр, айдааҥҥа уһуктар. Мин кими да туох да диэн үөхпэтэҕим, хата бэйэҕит тылгытын көрүнүҥ. Сытыйбыт тыллаах аһыырга да ыарахан ини. Кыһыл тылгытынан кытыастан түһэн тоҕо сүргүтүй. Кэтээн, кэтэһэн сыппыт сиэмэх кыыллар курдук саба түһэ сатыыгыт, кирдээх тылгытынан салыыгыт. Иньчэҕэй тирбэҕэ быстыбат. Эһиги тылгыт аайы өлөн-охтон биэриэм суоҕа, ситиһэ сорунумаҥ даҕаны. Мин да кэннибэр дьонноох, өйүүр-өйдүүр атастардаах этим. Мин даҕаны саныыр санаалаах, этэр тыллаах этим. Ону барытын тоҕо-көтөн орун-оннугар сааһылаан, этэн-тыынан эһиги курдук үөҕэн бардахпына ханна ыраатыахпытый? Устар ууну сомоҕолуур уус уран тыллаах олоҥхоһут сыдьаана этим. Урусхаллаах уран тылбын, илдьириэстээх, иччилээх илбис тылбын үҥүү-батас гынаммын үөгүлээтэхпинэ, эппит дьону элэтэргэ, саҥарбыт дьону самнарарга сэп-сэбиргэл гынаммын тутуннахпына төһө тупсуохпутуй? Төһө хачча буолуой? Аккауҥҥутун аһа баттаан көрдөххө хаартыскаҕытын да хатаабат, ааккытын да ааттаабат бука "тролль" бииһин ууһа быһылааххыт. Тугу ситиһээри, туох санааннан салайтарар сирэйдэр эбиккит буолла?
Публикация от Gavril Menkiarov (@gavril_menkeer) Окт 31 2017 в 6:46 PDT