Депутат Госдумы Федот Тумусов в День Матери опубликовал трогательное стихотворение.
ИЙЭБЭР Эрэйи, ыарыыны тулуйан Санаата, таптала баһыйан, Олоҕу салгыыр күүс кыайбыта Күн Сирин уол оҕо көрбүтүм! Ийэкэм кэрэтэ, хорсуна Ол кэмтэн арчылыыр күннэтэ. Чэбдиктик туттартан саҕалаан Мэлдьитин такайар арыаллаан. Минньигэс астарын сытынан Тулалыыр эйгэбит туолара. Тапталын сымнаҕас бүөбэйэ Биллэр дии күн аайы биһиэхэ. Үлэҕэ барытын анаабыт, Оҕолор туһугар олоҕун. Төлөммөт иэстэрбит махталын Биһиги сиэннэргэр салҕыыбыт. "Ааккытын харыстааҥ" диэбиккин, Үөрэппит, такайбыт этиигин Сүрэҕим иһигэр харыстаан, Дьоһуннук толоро сатыыбын. Федот Тумусов 18.10.2020