Уважаемые якутяне!
От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично поздравляю вас с Днём Республики Саха (Якутия)!
Этот весенний день является для всех якутян особенно значимым и дорогим. 27 апреля 1922 года был подписан Декрет об образовании Якутской АССР в составе советской России. Именно в этот день Якутия обрела государственность. Были заложены крепкие основы для развития экономики, масштабного промышленного освоения обширных территорий, для укрепления уникального сельского хозяйства на вечной мерзлоте, для колоссального роста качества жизни.
Спустя 70 лет, в 1992 году, в этот день вступила в силу Конституция республики, которая определила статус Якутии как субъекта Российской Федерации. Так начался современный этап развития нашего северного края. Были созданы условия для поступательного социально-экономического развития республики в новой российской действительности. За эти годы совершен большой рывок вперёд, позволивший нашей республике стать стратегически важным регионом не только для Дальнего Востока, но для всей Российской Федерации.
Но сейчас мы переживаем период больших испытаний, связанных со всемирной пандемией. В первую очередь испытывается на прочность наша экономика, меняется привычный уклад жизни людей. Именно поэтому нам нужно сплотиться и сохранять силу духа. Ориентирами в эти непростые времена остаются наши планы, которые мы вместе обязательно осуществим.
Люди – наша главная опора. Сегодня мы вспоминаем славных и мужественных сынов Якутии Платона Ойунского, Максима Аммосова, Исидора Барахова, Степана Аржакова и других наших выдающихся государственных и общественных деятелей, чья политическая воля и высокий патриотизм, проявленные в самом начале этого пути, позволили осуществить настоящий прорыв в развитии нашей северной республики.
Сегодня мы с большой благодарностью видим работу медиков и волонтёров, принимаем помощь от предпринимателей и многих ответственных граждан, которые оказывают поддержку соотечественникам. Именно сплочение и взаимопомощь выведут нас из этой сложной ситуации.
Дорогие якутяне! Сограждане! Я верю в будущее нашей Республики, в достижение наших намеченных больших целей, верю в силу нашего многонационального народа, который своим трудом, своими светлыми устремлениями и особым отношением к жизни сумел создать современную Якутию!
Желаю вам здоровья, счастья и благополучия!
Глава Республики Саха (Якутия) Айсен Николаев
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Өрөспүүбүлүкэ салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Бу күн Саха сирин олохтоохторугар барыларыгар күндү уонна дьоһун суолталаах. 1922 сыл муус устар 27 күнүгэр сэбиэскэй Россия састаабыгар Саха Автономнай сэбиэскэй социалистическай өрөспүүбүлүкэтин тэрийэр туһунан Декрет баттанан, Саха сиригэр судаарыстыбаннас олохтоммута. Экономиканы сайыннарарга, киэҥ-нэлэмэн сири-уоту промышленнай баһылааһыҥҥа, ирбэт тоҥноох сиргэ тыа хаһаайыстыбатын бөҕөргөтөргө, олох уйгутун тупсарарга бөҕө акылаат ууруллубута.
70 сыл буолан баран, 1992 сыллаахха, эмиэ ити күн Саха сирэ Россия Федерациятын субъега буоларын быһаарар өрөспүүбүлүкэ Төрүт Сокуона ылыныллан, хотугу кыраайбыт сайдыытын саҥа кэрдиис кэмэ саҕаламмыта. Өрөспүүбүлүкэни социальнай-экономическай өттүнэн кимиилээхтик сайыннарарга усулуобуйалар тэриллибиттэрэ. Бу сыллар тухары биһиги өрөспүүбүлүкэбит Уһук Илиҥҥэ эрэ буолбакка, бүтүн Россия Федерациятыгар тутаах суолталаах регион буола үүнэригэр күүстээх үлэ ыытылынна.
Билигин биһиэхэ аан дойду үрдүнэн бүрүүкээбит пандемиянан сибээстээн уустук быһыы-майгы үөскээтэ. Бу, бастатан туран, экономикабыт төһө тирэхтээҕин тургутуу буолар, дьон үгэс буолбут олоҕун укулаата уларыйар. Онон бука бары күүстээх санаалаах уонна түмсүүлээх буолуохтаахпыт. Уустук кэми аахсыбакка туруоруммут сорукпутун биир сүбэнэн булгуччу толоруохпут.
Чулуу дьоммут – сүрүн тирэхпит. Биһиги бүгүн Былатыан Ойуунускайы, Максим Аммосовы, Исидор Бараахабы, Степан Аржакову уонна да атын саха норуотун чулуу уолаттарын, биллэр-көстөр судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай деятеллэри өйдөөн-санаан ааһабыт. Кинилэр бэлитиичэскэй модун санааларынан, төрөөбүт дойдуларыгар тапталларын күүһүнэн хотугу өрөспүүбүлүкэбит өрө күүрүүлээхтик сайдарыгар олук уурбуттара.
Биһиги бүгүн медицинэ үлэһиттэрин уонна волонтердар бэриниилээх үлэлэрин махтана көрөбүт, урбаанньыттар уонна эппиэтинэстээх гражданнар биир дойдулаахтарыгар өйөбүл, күүс-көмө буолан араас хабааннаах көмөнү оҥороллор. Сомоҕолоһон уонна бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэн эрэ үөскээбит уустуктары этэҥҥэ туоруохпут.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Биир дойдулаахтарым! Өрөспүүбүлүкэбит чэчирии сайдарыгар, туруоруммут дьоһун сыалбытын ситиһэрбитигэр саарбахтаабаппын! Таһаарыылаах үлэтинэн, кэрэҕэ-сырдыкка дьулуурунан уонна олоххо ураты сыһыанынан бүгүҥҥү Сахабыт сирин тэрийсибит элбэх омуктаах норуоппут уҕараабат эрчимигэр бигэ эрэллээхпин!
Чөл туругу, дьолу уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев