Аҕа Дойдуну көмүскээбит уоттаах сэрии бэтэрээнин, Сиэйэ нэһилиэгин ытык кырдьаҕаһын Прокопий Афанасьевич Степановы 98 сааһынан эҕэрдэлээтилэр. Прокопий Афанасьевич хорсун быһыытынан биһиги бүгүҥҥү былыта суох ыраас халлааммытын, нус-хас эйэлээх олохпутун түстээн Дойдубут көҥүл уонна тутулуга суох буолуутун туруулаһан көмүскээбитин «За взятие Берлина», «Победа над Германией», «За отвагу», «За освобождение Праги» мэтээллэр туоһулууллар.
Киэн туттар, сүгүрүйэр, ытык-мааны кырдьаҕаспытыгар Сунтаар улууһун Аҕа баһылыга Анатолий Григорьев, Сиэйэ нэһилиэгин баһылга Алексей Обоюков уонна эдэр ыччат «Катюша» ырыаны толорон эҕэрдэлээтилэр.
Кэлбит ыалдьыттар 98 саастаах кырдьаҕас тэлгэһэтин отун бэйэтэ охсубутун сөҕө-махтайа бэлиэтээтилэр.
Күндү Прокопий Афанасьевич!
Кыайыыны уһансыбыккар Эйиэхэ үйэ саас тухары махтал буоллун!
Дьиэ кэргэҥҥэр бигэ акылаат, эрэллээх эркин, тулхадыйбат тулааһын буолан, ыччатыҥ сылаас тапталын, сиэннэриҥ минньигэс мичээрин иҥэринэн, киэҥ-холку, элэккэй, сайаҕас майгыгынан, муударай өйгүнэн дьоҥҥор-сэргэҕэр, аймах-билэ дьоҥҥор көмө-тирэх буолан дьоллоохтук олороргор баҕарабыт! Бу үөрүүлээх бэлиэ күҥҥэ баҕарабыт кытаанах доруобуйаны, оҕолоруҥ сиэннэриҥ ситиһиилэригэр, аймах дьонуҥ алгыстарыгар, үөлээннээхтэриҥ үөрүүлэринэн биһиктэнэн өссө да уһуннук дьоллоохтук-соргулаахтык олор диэн алгыс тылбытын аныыбыт!
"Сунтаар улууһа (оройуона)" муниципальнай оройуон дьаһалтатын пресс-сулууспата.