Айсен Николаев поздравляет с Днём защитника Отечества
Уважаемые якутяне! Дорогие земляки!
Примите искренние поздравления с Днём защитника Отечества!
23 февраля – это значимый праздник, объединяющий всех соотечественников. Страна чествует всех, кто готов в любую минуту встать на защиту мирной жизни на родной земле.
Защита Родины, военная служба во все времена считалась почётной обязанностью. И все те, кто связал свой жизненный и профессиональный путь со службой в Вооружённых Силах Российской Федерации, заслуженно пользуются неизменным уважением народа.
В этот день мы чтим память всех, кто в разное время защищал рубежи Родины, благодаря подвигу которых можем спокойно трудиться, радоваться жизни и воспитывать наших детей. Нынешнее поколение с благодарностью вспоминает подвиги дедов и прадедов, которые стойко и самоотверженно защищали Родину от фашистских захватчиков во время Великой Отечественной войны. На днях вся страна отметила 30-летие вывода ограниченного контингента Советских войск из Демократической Республики Афганистан. Особые слова признательности адресованы ветеранам и участникам локальных военных действий и военнослужащим запаса.
В любое время защитники Отечества показывают верность присяге и служебному долгу, твёрдость духа и истинный патриотизм.
И сегодня на нас возложена ответственная миссия хранить и приумножать наследие ветеранов, защищать и беречь свой народ, быть опорой и поддержкой для своих семей.
Дорогие друзья! Уверен, что нынешнее поколение якутян достойно продолжит традиции наших отцов, дедов и прадедов. В этот замечательный день искренне желаю всем крепкого здоровья, надёжного тыла, мира и согласия! Пусть над нами, нашими родными и близкими, всегда царит мирное небо! С праздником!
Глава Республики Саха (Якутия) Айсен Николаев
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Күндү биир дойдулаахтарым!
Эһигини Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Олунньу 23 күнэ – барыбытын сомоҕолуур үгэс буолбут бырааһынньык. Бу күн биһиги Ийэ дойдубутугар эйэлээх олоҕу көмүскүүргэ өрүү бэлэм модун санаалаах дьоммутун чиэстиибит.
Төрөөбүт дойду көмүскэлэ, байыаннай сулууспа – үйэлэр тухары бочуоттаах эбээһинэс. Россия Федерациятын Сэбилэниилээх күүстэригэр олохторун анаабыт дьону норуот ытыктыыр.
Бүгүн биһиги араас кэмнэргэ Ийэ дойдубут кыраныыссатын көмүскээн, биһиэхэ эйэлээх олоххо олорор, үлэлиир, оҕолорбутун этэҥҥэ улаатыннарар, саҥа күнү үөрэ көрсөр кыаҕы биэрбит хорсун буойуттарбытын кэриэстиибит. Билиҥҥи ыччат Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Ийэ дойдубутун өстөөх халабырдьыттарыттан көмүскээбит эһээлэрин, хос эһээлэрин хорсун быһыыларын махтана, киэн тутта ахтар. Соторутааҕыта дойду үрдүнэн Афганистантан Сэбиэскэй сэриилэри таһаарыы 30 сылын бэлиэтээтибит. Оччотооҕу уоттаах кыргыһыылар, сэбилэниилээх хапсыһыылар кыттыылаахтарын, бэтэрээннэри уонна саппааска сылдьар байыаннай сулууспалаахтары эҕэрдэлээтибит.
Аҕа дойдуну көмүскээччилэр андаҕарга, сулууспаҕа, төрөөбүт дойдуга өрүү бэриниилээхтэр, модун санаалаахтар.
Биһиги бэтэрээннэрбит нэһилиэстибэлэрин харыстыыр, хаҥатар, норуоппутун көмүскүүр ытык иэстээхпит, дьиэ кэргэммитигэр тулхадыйбат тулааһын, эрэллээх эркин, бөҕө тирэх буолуох тустаахпыт.
Күндү доҕоттор! Билиҥҥи ыччат аҕаларбыт, эһээлэрбит, хос эһээлэрбит үгэстэрин салгыахтара диэн эрэнэбин. Эһиэхэ барыгытыгар чэгиэн доруобуйаны, алаһа дьиэҕитигэр сылаас сыһыаны, или-эйэни баҕарабын! Өрүү эйэлээх халлаан турдун! Бырааһынньыгынан!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев