×

Альберт Семенов поздравляет с Днем родного языка и письменности

15:32 - 13.2.2021
Альберт Семенов поздравляет с Днем родного языка и письменности

- Дорогие якутяне и жители г. Якутска!

От имени Якутской городской Думы и от себя лично поздравляю вас с Днем родного языка и письменности!

Этот день мы традиционно отмечаем 13 февраля, в день рождения Семена Андреевича Новгородова, первого якутского ученого-лингвиста, выдающегося просветителя, демократа, основоположника массовой письменности, автора первых учебников на якутском языке. Первый якутский букварь был выпущен Семеном Андреевичем в 1917 году тиражом в 4 тыс. экземпляров и положил начало обучению родному языку в школах.

Ученые называют якутский язык одним из самых сложных, богатых и древних языков мира. Якутский язык – это язык древнего эпоса Олонхо, признанного ЮНЕСКО шедевром устного нематериального наследия человечества. Это самое ценное наследие, полученное нами от предыдущих поколений. Поэтому мы должны приложить все свои силы для сохранения чистоты и первозданной красоты якутского языка, ведь от этого во многом зависит будущее народа саха.

Желаю каждому из нас всегда испытывать чувство гордости за свой родной язык, сохранять культуру и традиции своего народа, прививать и передавать подрастающему поколению все богатство и разнообразие родного языка, в котором хранятся вековая мудрость, история и опыт народа.

С праздником! С Днём родного языка и письменности!

Председатель Якутской городской Думы Альберт Семенов

***

- Ытыктабыллаах Саха сирин уонна Дьокуускай куорат олохтоохторо!

Дьокуускай куорат Думатын уонна бэйэм ааппыттан Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Бу күнү биһиги үгэс быһыытынан олунньу 13 күнүгэр, саха бастакы учуона-лингвииһэ, саха норуотун үөрэхтээһинигэр сүҥкэн оруоллаах, маассабай суругу-бичиги айбыт, бастакы саха тылынан тахсыбыт кинигэ ааптара Семен Андреевич Новогородов төрөөбүт күнүгэр бэлиэтиибит. Семен Андреевич сахалыы тылынан бастакы букубаары 1917 сыллааххха 4 тыһыынча ахсаанынан таһаартарбыта. Онтон ыла оскуолаларга төрөөбүт тылы үөрэтии саҕаламмыта.

Учуонайдар саха тылын аан дойду былыргы тылларыттан биирдэстэринэн ааттыыллар. Саха тыла – хас да үйэлэри уҥуордаан кэлбит, ЮНЕСКО киһи аймах тылынан уонна материальнайа суох чулуу нэһилиэстибэтинэн биллэрбит эпоһа -- Олоҥхо тылынан буолар. Бу биһиги өбүгэлэрбититтэн удьуордаабыт саамай күндү нэһилиэстибэбит. Ол иһин биһиги саха тылын айылҕатын, баай ис хоһоонун харыстыырга туох баар күүспүтүн ууруохтаахпыт. Төрөөбүт тылбытыгар хайдах сыһыаннаһарбытыттан саха норуотун кэскилэ тутулуктанар.

Хас биирдии киһиэхэ төрөөбүт тылын билэринэн киэн туттарыгар, норуотун култууратын, үгэһин харыстаан илдьэ сылдьарыгар, норуот дириҥ устуоруйатын, муудараһын түмэр төрөөбүт тылбыт баай бары өрүттэрин кэнчээри көлүөнэҕэ тиэрдэригэр баҕарабын.

Бырааһынньыгынан! Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн!

Дьокуускай куорат думатын бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов

Sakhaday.ru