Александр Жирков: VIII Спортивные игры народов Якутии на древней Усть-Алданской земле состоялись!
Первый заместитель Председателя Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия), сопредседатель организационного комитета по подготовке и проведению VIII Спортивных игр народов Республики Саха (Якутия) Александр Жирков поздравил участников, организаторов и гостей церемонии закрытия с успешным завершением соревнований.
- Каждая из команд, которые приехали на спортивные игры из различных уголков нашей необъятной республики, приехала за победой, за новыми достижениями. Они приехали за новыми познаниями, за новыми друзьями, и я надеюсь, уверен, что это им удалось.
Думаю, все присутствующие на стадионе «Майа5атта Бэрт Хара» согласятся с тем, что VIII Спортивные игры народов Якутии на древней Усть-Алданской земле и вошли в число наиболее знаменательных спортивных событий в истории спортивного движения нашей родной республики.
Поздравляю всех вас!
Ытык-мааны ыалдьыттар! Күндү биир дойдулаахтарым!
Биһиги өр күүппүт ахсыс спортивнай оонньууларбыт бүгүн түмүктэнэр күннэрэ үүннэ.
Мин үс суолу бэлиэтиэхпин баҕарабын.
Бастатан туран төрөөбүт үөскээбит Уус-Алдаммыт сирэ ыраастанан, бэлэмнэнэн уонна, мин саныахпар, бу тэрийээччилэри, олохтоохтору төһө үчүгэйдик бэлэмнэммиттэрин тургутан көрдө. Ол тургутууну биһиги этэҥҥэ аастыбыт, ыраастанныбыт, дьоммутун-сэргэбитин, ыалдьыттарбытын туох да сүрдээх дьоһуннаахтык, үчүгэйдик көрүстүбүт. Ити бастакы кылаан сорукпутун биһиги чиэстээхтик толордубут. Бука-бары – олохтоохтор, хаһаайыттар, дьиэлээхтэр. Эһиэхэ итиннэ махтал буоллун!
Иккис кылаан сорукпут биһиэнэ бу күрэхтэһиигэ уус-алданнар өбүгэлэрин аатын түһэн биэрбэт гына дьоһуннаахтык, чиэстээхтик кыттыахтаахтар диэн этэ. Ол кылаан сорукпутун биһиги толору толордубут диэн бүгүн этэр кыахтаахпыт.
Хас биирдии Мүрү сиригэр, Бороҕон сиригэр, Уус-Алдаҥҥа күрэхтэһэ кэлбит улуус бэрэстэбиитэллэригэр, хамаанда чилиэннэригэр эһиэхэ бука барыгытыгар улахан махтал кэлбиккитигэр, күрэхтэһиигэ киирсибиккитигэр!
Бу күрэхтэһии эһиэхэ инникитин өссө биир дабайыы буоллун. Эһиги бу күрэхтэһиини өйгүтүгэр-санааҕытыгар илдьэ-сылдьын, эһигини инники кыайыыларга эбии кынаттаатын!
Ахсыс спортивнай оонньуу кыттыылаахтарыгар, ыалдьыттарыгар уонна бу спортивнай оонньууну тэрийбит Уус-Алдан дьонугар-сэргэтигэр уруй-айхал буоллун!
Пресс-служба Ил Тумэна