×

«Ийэ тыл сүмэһинэ – бэйэбитигэр»

0:28 - 14.2.2020
«Ийэ тыл сүмэһинэ – бэйэбитигэр»

Төрөөбүт

Төрүт тыл

Сөрүүн

Сүөгэй курдук,

Сүрэҕи-быары

Сөрүүргэтэр,

Убаҕас отон

Уутун курдук,

Улахан куйааска

Утаҕы аһарар,

Сырдьыгыныы көөнньүбүт

Сылгы кымыһын курдук,

Тостор куйааска

Тоҕулу ханнарар...

Бу курдук устар ууну сомоҕолуур уран тыллаах саха биллиилээх хоһоонньута, суруйааччыта Алексей Андреевич Иванов-Күндэ хоһоонунан Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр, олунньу 13 күнүгэр «Ийэ тылбыт сүмэтэ бэйэбитигэр» диэн төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр аналлаах үтүө тэрээһин саҕаламмыта.

Бу күн сахалыы ылбаҕай ырыалар кынаттанан көттүлэр, хомоҕой хоһооннор дорҕоонноохтук ааҕылыннылар. Тэрээһин саҕаланыытыгар Одун Хаан ыйыгар анаан «Тойук» норуодунай, фольклорнай ансаамбыла (салайааччы - СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Галина Федорова) туом толордо, онтон Юрий Васильев-Дьаргыстай тылларыгар уонна матыыбыгар «Сахам сайдар тылыгар» ырыаны ыллаата. Ол кэнниттэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин үлэһитэ Хаарчаана Угапьева бэйэтин хомоҕой хоһооннорун дорҕоонноохтук ааҕан иһитиннэрбитэ.

Салҕыы хоһоон-ырыа дьоро киэһэтигэр айар талааннаах дьон кыттыыны ыллылар: хоһоонньут, мелодист, Россия уонна СР доруобуйатын харыстабылын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ Зоя Никандровна-Кэкэрдэ; Уус-Алдан улууһун Бороҕон сэлиэнньэтин олохтооҕо, эдэр суруйааччы Борис Лугинов- Борогонскай; «Айар кут» хоһоонньуттар уонна прозаиктар региональнай союзтарын чилиэннэрэ Татьяна Колесова-Айсура, үлэ бэтэрээнэ Степанида Иванова-Санаара, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Олимпиада Спиридонова; СӨ ырыа айааччыларын союһун чилиэнэ, СӨ культуратын туйгуна, мелодист, ырыаһыт Константин Мохначевскай; Арассыыйа Федерациятын уопсай үөрэҕириитин бочуотунай үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Антонида Шестакова-Айыллаа; хоһоонньут, мелодист, «Айар аартыкпыт аргыстара» эдэр хоһоонньуттар уонна «Эчий» литературнай түмсүүлэр чилиэннэрэ, олоҥхоһут Игнатий Слепцов; СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Россия уопсай

үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, хоһоонньут, коллекционер, «Хоһоон хонуута» түмсүү чилиэнэ Сэргэ Кыыһа Тускулаана; Хотугулуу-илиҥҥи федеральнай университет история факультетын устудьуоннара, эдэркээн ырыаһыттар Күннэй Ефимова уонна Дмитрий Никонов; ырыаһыт, хоһоонньут Семен Черноградскай, «Сайсары» норуодунай (сал. СӨ культуратын туйгуна Светлана Павлова) уонна «Күн Дьоно» (сал. Евдокия Павлова-Кылыһах Далбар) бөлөхтөр.

Маны таһынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, тыл үөрэхтээҕэ, журналист, «Уйулҕа хочото» айар түмсүү төрүттээччитэ уонна салайааччыта Акулина Иванова-Бээрийэ Кыыһа Айгыына саха тылын туһунан ылыннарыылаахтык санаатын арыйда, төрөөбүт тылбыт туһунан истиҥник-иһирэхтик ахтан ааста.

Ыытааччы Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин исписэлииһэ Ираида Коркина: “Саха тылын сүмэһинэ эдэр көлүөнэ ыччаппытыгар, бэйэбитигэр иҥэн сылдьарын тухары ийэ тылбыт үйэлэргэ баар буолуоҕа», - диэн кэскиллээх санаатын этэн тэрээһини түмүктээтэ.

Ираида Коркина,

Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин норуот култууратын салаата

Sakhaday.ru