×

"Моя правда только в песнях". Китжа извинился перед подписчиками

13:31 - 15.11.2020
"Моя правда только в песнях". Китжа извинился перед подписчиками

В последнее время талантливый певец Китжа погряз в скандалах. В соцсетях пересылаются видео из сторис артиста, в которых он предстает не в самом лучшем виде.

Недавно певец решил извиниться перед подписчиками. Он сообщил, что ему стыдно за его не лучшие черты характера, признался, что ошибался. "Хотел бы спрятаться в небе, но далеко, провалиться через землю, но она твердая", - пишет Китжа.

"Вам решать, как это принимать. Но моя правда только в песнях", - признался артист.

"Дьонум-сэргэм! Эһиги иннигитигэр, өбүгэлэрим иннилэригэр, эбээм, ийэм иннилэригэр, аҕа саастаахтарым иннилэригэр, ыччат дьонум иннилэригэр улахан буруйдаахпын толору билинэбин! Быдьар быһыыбыттан кыбыстабын, саатабын! Алы гыныҥ диэхпин да сатала суох курдук. Халлааҥҥа саһыахпын--ыраах, сиргэ тимириэхпин --кытаанах...

Биир түһүүнэн үлтүрүйдүм, үрэлинним...Биир хаһыынан хампырыйдым, ыһылынным...Үрдүбэр үлтүрүтэ түһэр үөҕүүлэртэн көмүскэммэппин! Сөпкө этэллэр! Сиэри кэспит киһи сириллиэхтээх, ким да буоллун сирэйигэр этиллиэхтээх! Сыыспыппын аһаҕастык билиниэхтээхпин, хайаан да бырастыы көрдөһүөхтээхпин диэн санааттан бу суруйбуппун хайдах ылынаргыт эһиги бэйэҕит көҥүлгүт буоларын өйдүүбүн.

Ол эрэн биири билэбин: мин ДЬИҤМИН иэйиибинэн этэбин, мин КЫРДЬЫГЫМ ырыаларбынан тахсар. Итэҕэйиҥ! Хомулуннахпына, тобулуннахпына, хоһуйдахпына булгу туойбутунан туруоҕум!!!Сааһыланнахпына, арылыннахпына, айдахпына хайаан да ыллаабытынан тахсыаҕым!!!".

Sakhaday.ru
Новости Якутии в Whatsapp
Читать