Сахалыы тыыннаах узбек уола Оятилло: «Сахалыы комедияҕа оонньуохпун баҕарабын!»
От ыйын 11 күнүгэр сахалыы саҥарар узбек уола Саха сирин куйаар ситимнэрин хайытта. 24 саастаах Оятилло Тешебаев биир күн иһигэр бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биллиилээх буолбутуттан олус даҕаны соһуйда уонна долгуйда. SakhaDay кэриспэндьиэнэ Оятиллоны кытта саха тылын хайдах үөрэппитин туһунан сэһэргэстэ. Дьиҥэр, сүрдээх ыарахан олохтоох эдэр киһи эбит. Туохтан да толлубакка билигин үлэлии-хамсыы, араас тыллары үөрэтэ сылдьар.
Оятилло ийэлээх аҕата 2000 сыллаахха арахсыбыттара, оччолорго кырачаан уоллара 1 эрэ саастаах этэ. Оятилло ийэтинээн иитэр-аһатар киһилэрэ суох хаалан Кыргызстаҥҥа олус ыараханнык олорбуттара. 2008 сыллаахха дьахтар оҕотун сиэппитинэн Дьокуускай куоракка үлэлии кэлбитэ. «Сайсары» рынокка оҕуруот аһын атыылыы киирбитэ.
– Ийэм наар үлэтигэр. Мин дьиэбэр наар тэлэбиисэр көрөбүн. Сайын иллэҥ кэммэр аймахтарбар пааркаҕа көмөлөһөр буолбутум, күҥҥэ 1-2 мөһөөх төлүүр этилэрэ.
Оччолорго узбектыы эрэ билэр этим, – кэпсиир Оятилло.
Саха тылын уруоктара
– 2009 сыллаахха 9 саастаахпар 7-с оскуолаҕа 1 кылааска үөрэнэ киирэбин. Тоҕо 1 кылааска? Тоҕо диэтэххэ нууччалыы да сахалыы да билбэппин. Оскуолаҕа оҕолору кытта алтыһан син нууччалыы саҥарар буолбутум.
Онтон 4 эбэтэр 5 кылааска биһиги нууччалыы «А» кылааспытыгар саха тылын уонна культуратын предметтэрэ саҕаламмыттара. Биир кылаастаахтарым үксүлэрэ куорат сахалара этилэрэ, ол гынан баран төрөөбүт тылларын сэҥээрбэтэхтэрэ. Оттон мин эмиэ түүрк тыллаах узбек буоламмын саха тылын интириэһиргии көрбүтүм!
Саха тылын учуутала Жанна Николаевна сүрдээх үчүгэй, талааннаах учуутал этэ. Бастаан миигин мэник уолу буойар этэ (күлэр), ол гынан баран сүрдээҕин тапсыбыппыт!
4-с кылааска уолаттар уруокка наар төлөпүөҥҥэ оонньууллар. Онтон мин төлөпүөнүм суох этэ. Ийэм миигин иитээри хайдах курдук ыарахан үлэҕэ үлэлиирин билэ-билэ тугу да көрдөөбөт этим… Бастакы ноутбукпун 2014 сыллаахха бэйэм үлэлээн, харчы муһан атыыласпытым.
Аҕата суох оҕо олох ыараханын барытын өйдөөн улаатар. Ол иһин үөрэххэ, кэрэҕэ тардыһар.
Олох быһылааннара…
– 7-с кылааһы бүтэрбиппин кэннэ эбээм ыалдьыбыта. Онон, дойдубар Кыргызстаҥҥа төннөбүн, эбээбин ыарыылыыбын. 8 уонна 9 кылааһы онно туйгуннук бутэрэбин, аттестат ылабын.
2020 сыллаахха Дагестан университетыгар арабскай тыл грамматикатын үөрэтэ киирэбин. 1 кууруһу туйгуннук бүтэрэбин. Ол эрэн аны ийэм ыалдьан үөрэхпин быраҕабын уонна Дьокуускайга үлэлии кэлэбин.
Ийэм миэхэ туохтааҕар да күндү! Кини билигин Кыргызстаҥҥа этэҥҥэ сынньана олорор. Мин араас үлэҕэ үлэлээн киниэхэ дьиэ тутан биэрбитим.
Билигин мин пааркаҕа мороженай атыылыыбын. Паарка үлэһиттэрэ уонна атыылаһааччыларым сахалыы саҥараҕын диэн мэлдьи хайҕыыллар. Ханна да сырыттым сахалар наар үөрэллэр уонна олус үчүгэйдик, бэйэлэрин оҕолоругар курдук сыһыаннаһаллар.
Оятилло баҕа санаата
– Дьокуускай куорат мин дьиэм. Мин аны ханна да көһөр санаам суох. Манна мин чугас дьонум уонна табаарыстарым олороллор.
Мин араас тыллары үөрэтиэхпин баҕарабын. Оттон саамай улахан баҕа санаам – сахалыы киинэҕэ оонньуохпун баҕарабын. Комедияҕа барсыам этэ! Биир эбит режиссер миэхэ суруйара эбитэ буоллар наһаа да үөрүөм этэ! – кэпсээтэ Оятилло Тешебаев.
Оятиллоны пааркаҕа үлэлии сырыттаҕына блогер Уйгулаана Николаева ("Say saqa" бырайыак) таба көрөн, билсиһэн, киэҥ куйаарга таһаарбыта. Баҕар кырдьык даҕаны саха киинэтин саҥа сулуһа билигин мороженай атыылыы сылдьара буолуо.
Краткий перевод на русский язык
24-летний Оятилло Тешебаев, говорящий на якутском языке, продает мороженое в парке культуры и отдыха в Якутске. У него было нелегкое детство: родители развелись, когда ему был всего год, поэтому мать воспитывала его одна.
В 2008 году они с мамой прибыли в Якутск на заработки. Мама устроилась продавать овощи на Крестьянском рынке, через год Оятилло пошел в первый класс в 9 лет. Постепенно он начал учить русский язык, а в 4 или 5 классе появился предмет якутского языка, который мальчик очень полюбил.
В 8 класс Оятилло пошел уже в Кыргызстане, так как ему нужно было ухаживать за больной бабушкой. Там он с отличием закончил школу.
В 2020 году на базе 9 класса он поступил в университет в Дагестане, чтобы выучить арабский язык (прим. ред. с его слов, вуз небольшой, поэтому поступил на базе 9 класса). Но учебу пришлось бросить, чтобы обеспечивать внезапно заболевшую мать.
В 2021 году Оятилло вернулся в Якутск. За эти годы он отстроил матери дом в Кыргызстане, а сам мечтает сняться в якутском кино.