Сунтарский район: Ветеран ВОВ П.А. Степанов 98 лет
Аҕа Дойдуну көмүскээбит уоттаах сэрии бэтэрээнин, Сиэйэ нэһилиэгин ытык кырдьаҕаһын Прокопий Афанасьевич Степановы 98 сааһынан эҕэрдэлээтилэр.
Прокопий Афанасьевич хорсун быһыытынан биһиги бүгүҥҥү былыта суох ыраас халлааммытын, нус-хас эйэлээх олохпутун түстээн Дойдубут көҥүл уонна тутулуга суох буолуутун туруулаһан көмүскээбитин «За взятие Берлина», «Победа над Германией», «За отвагу», «За освобождение Праги» мэтээллэр туоһулууллар.
Киэн туттар, сүгүрүйэр, ытык-мааны кырдьаҕаспытыгар Сунтаар улууһун Аҕа баһылыга Анатолий Григорьев, Сиэйэ нэһилиэгин баһылга Алексей Обоюков уонна эдэр ыччат «Катюша» ырыаны толорон эҕэрдэлээтилэр.
Кэлбит ыалдьыттар 98 саастаах кырдьаҕас тэлгэһэтин отун бэйэтэ охсубутун сөҕө-махтайа бэлиэтээтилэр.
Күндү Прокопий Афанасьевич!
Кыайыыны уһансыбыккар Эйиэхэ үйэ саас тухары махтал буоллун!
Дьиэ кэргэҥҥэр бигэ акылаат, эрэллээх эркин, тулхадыйбат тулааһын буолан, ыччатыҥ сылаас тапталын, сиэннэриҥ минньигэс мичээрин иҥэринэн, киэҥ-холку, элэккэй, сайаҕас майгыгынан, муударай өйгүнэн дьоҥҥор-сэргэҕэр, аймах-билэ дьоҥҥор көмө-тирэх буолан дьоллоохтук олороргор баҕарабыт!
Бу үөрүүлээх бэлиэ күҥҥэ баҕарабыт кытаанах доруобуйаны, оҕолоруҥ сиэннэриҥ ситиһиилэригэр, аймах дьонуҥ алгыстарыгар, үөлээннээхтэриҥ үөрүүлэринэн биһиктэнэн өссө да уһуннук дьоллоохтук-соргулаахтык олор диэн алгыс тылбытын аныыбыт!
"Сунтаар улууһа (оройуона)" муниципальнай оройуон дьаһалтатын пресс-сулууспата.