×

Айсен Николаев поздравляет с Праздником Весны и Труда

10:30 - 1.5.2019
Айсен Николаев поздравляет с Праздником Весны и Труда

Уважаемые якутяне!

От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично горячо и сердечно поздравляю вас с 1 Мая - праздником Весны и Труда!

День Весны и Труда близок каждому жителю нашей республики. Якутия всегда славилась передовыми тружениками во всех отраслях народного хозяйства, агропромышленного комплекса и социальной сферы. На протяжении почти четырех веков наша республика славится своими трудовыми традициями, заложенными старшим поколением якутян. Среди них немало тех, кто с гордостью и достоинством носит почетное звание «Ветеран труда», кто своими руками создавал основу экономики республики и своим примером учил нас трудиться на совесть. Важно, чтобы эти добрые традиции были продолжены молодым поколением трудящихся.

Нынешний Первомай Якутия встречает как сильный, успешный регион, где главная ценность – это человек! Благодаря вашему трудолюбию, инициативности, целеустремленности ежегодно прирастает благополучие республики, достигаются положительные результаты в социально-экономическом развитии. В минувшем году Якутия по большинству социально-экономических показателей сохранила лидирующие позиции не только на Дальнем Востоке, но и в России. Мы вошли в первую десятку регионов России с наибольшим объемом ВРП на душу населения, стали лидерами в Дальневосточном федеральном округе по объему инвестиций в основной капитал, достигли рекордных показателей по объему добычи полезных ископаемых.

Благодаря созидательному труду, добросовестному отношению к работе, высокой ответственности якутян немало положительных результатов достигнуты и в отраслях строительства, энергетики, здравоохранения, культуры и образования. Своим трудом мы строим будущее. От нашей энергии, компетенции и профессионализма зависит счастье и благополучие наших детей и внуков.

2019 год объявлен в республике Годом консолидации. Задачи, стоящие перед нами, требуют дальнейшего единения и совместной работы власти и общества. Сегодня в республике начата реализация национальных проектов, инициированных Президентом Российской Федерации Владимиром Путиным, нацеленных на повышение качества жизни каждого жителя нашей страны.

Для этого нам необходимо сплотиться заботами о будущем, активно выдвигать полезные инициативы, слушать и поддерживать друг друга, действовать в интересах развития республики и страны. Уверен, что, объединив усилия, мы вместе сможем добиться поставленных целей, поставив во главу угла созидательный труд во имя достойной жизни своих семей, своей республики и нашей великой страны.

Дорогие друзья! В этот светлый первомайский день желаю вам доброго здоровья, бодрого духа, жизненной энергии, счастья и благополучия. Мира и добра вам и вашим близким!

Глава Республики Саха (Якутия) А.С. Николаев

Саха сирин ытыктабыллаах олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини ыам ыйын 1 күнүнэн – Үлэ уонна Маай бырааһынньыгынан ис сүрэхпиттэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Үлэ уонна Маай күнэ биһиги өрөспүүбүлүкэбит хас биирдии олохтооҕор үөрүүлээх түгэн. Сахабыт сирэ норуотун хаһаайыстыбатын, агропромышленнай комплексын уонна социальнай эйгэтин бары салааларыгар туруу үлэһиттэрдээҕинэн мэлдьи аатырар. Ол курдук, түөрт үйэ кэриҥэ кэм устатыгар, аҕа көлүөнэ дьоммут үлэҕэ-хамнаска үтүө үгэһи олохтообуттара. Кинилэр ортолоругар өрөспүүбүлүкэ экономикатын төрүтүн олохтоспут, тус холобурдарынан үтүө суобастаахтык үлэлииргэ үөрэппит, «Үлэ бэтэрээнэ» бочуоттаах ааты киэн тутта сүгэр дьон аҕыйаҕа суох. Эдэр көлүөнэ үлэһит дьон ол үтүө үгэһи салгыах тустаахтар.

Быйылгы Ыам ыйын 1 күнүн Саха сирэ кыахтаах, ситиһиилээх эрэгийиэн быһыытынан көрсөр. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит сүрүн баайа – киһи! Эһиги күүрээннээх үлэҕитинэн, кыайыыга көҕүлүүр дьулуургутунан өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытыгар үтүө түмүктэри ситиһэҕит, бигэ олоҕу түстүүгүт. Ааспыт сыл түмүгүнэн Сахабыт сирэ олоххо-дьаһахха, экэниэмикэҕэ үгүс бастыҥ көрдөрүүлэринэн Уһук Илиҥҥэ эрэ буолбакка, бүтүн Арассыыйа үрдүнэн инники күөҥҥэ сылдьар. Нэһилиэнньэ дууһатыгар тиксэр эрэгийиэннээҕи баалабай бородуукта кээмэйинэн дойдуга уон бастыҥ иһигэр киирдибит, сүрүн хапытаалга инвестиция кээмэйинэн Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка бастаатыбыт, туһалаах баайы хостооһун кээмэйинэн рекордка тэҥнээх көрдөрүүлэри ситистибит.

Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо тутууга, энергетикэҕэ, доруобуйа харыстабылыгар, култуура уонна үөрэх эйгэлэригэр үтүө түмүктэри ситистилэр. Маннык таһаарыылаах үлэнэн биһиги инники кэскилбитин түстүүбүт. Оҕолорбут, сиэннэрбит олохторун уйгута хас биирдиибит илиибит эрчимиттэн, билиибититтэн-көрүүбүтүттэн, үлэҕэ дьоҕурбутуттан быһаччы тутулуктаах.

Быйыл өрөспүүбүлүкэбитигэр Сомоҕолоһуу сыла. Туруоруллубут соруктарбытын ситиһэргэ биир санаанан салайтарыы, былаас уонна уопсастыба сомоҕолоһуута ирдэнэр. Арассыыйа Федерациятын Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит дойду хас биирдии олохтооҕун олоҕун-дьаһаҕын тупсарарга туһуламмыт национальнай бырайыактары олоххо киллэрии үлэтин саҕалаатыбыт. Ону ситиһэр туһугар бука бары түмсэн, туһалаах көҕүлээһиннэри өйөөн, хардарыта өйөһөн, өрөспүүбүлүкэбит уонна дойдубут чэчирии сайдарын туһугар үлэлиэх-хамсыах тустаахпыт. Ити туруоруллубут соруктары толоруохпут, олохпут таһымын үрдэтиэхпит диэн бигэ эрэллээхпин.

Күндү доҕоттор! Маай бырааһынньыгынан эһиэхэ уҕараабат эрчими, чэгиэн-чэбдик буолууну баҕарабын. Барыгытын үтүө санаа уонна дьол-соргу арыаллаатын!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана  А.С. Николаев
Новости Якутии в Whatsapp
Читать