Айсен Николаев поздравляет с Днём народного единства
Уважаемые якутяне!
От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично сердечно поздравляю вас с государственным праздником России - Днём народного единства!
Этот праздник имеет для всех нас особое значение. Вот уже почти четыре столетия общая историческая судьба объединяет народы нашей многонациональной Якутии. Мы гордимся трудом и достижениями поколений якутян, которые веками развивали Якутию – форпост Российского государства на Северо-Востоке континента.
День народного единства мы встречаем новыми достижениями, по всей нашей бескрайней республике растет энергия перемен. Строятся и ремонтируются автодороги, началось масштабное расселение аварийного жилья, вводятся новые социальные объекты, благоустраиваются города и сёла, растёт позитивная отдача от реализации крупных промышленных проектов.
В Год консолидации, объявленный в республике, все якутяне своим трудом и инициативой вносят свой вклад в процветание нашей Якутии, преодолевая проблемы, закладывая будущее развитие. В этот праздничный день я хотел бы поблагодарить вас, дорогие друзья, за новые достижения, за умение жить в дружбе и согласии!
Наша республика всегда показывает пример, что благополучие и процветание возможно лишь в мирном обществе, в атмосфере взаимной поддержки и добрососедства. Мы едины в уважении к своей республике, где все мы живем, где будут жить наши дети и внуки – и это самая большая ценность, залог будущего родной Якутии.
С праздником вас, дорогие друзья! С Днём народного единства! Искренне желаю добра, мира и согласия в каждой семье, в каждом доме. Благополучия и счастья, успехов во всех ваших начинаниях!
Глава Республики Саха (Якутия) Айсен Николаев
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Бу бырааһынньык биһиэхэ ураты суолталаах. Түөрт үйэ кэриҥэ Саха сиригэр олорор үгүс омук дьонун биир историческай дьылҕа ситимниир. Биһиги континент Хотугулуу Илиҥҥи өттүгэр Россия судаарыстыбатын инники кирбиигэ сылдьар регионунан буолбут Саха сирин үйэттэн үйэҕэ сайыннаран кэлбит хас эмэ көлүөнэ биир дойдулаахтарбыт үлэлэринэн уонна ситиһиилэринэн киэн туттабыт.
Норуот сомоҕолоһуутун күнүн биһиги саҥа ситиһиилээх көрсөбүт, киэҥ-нэлэмэн сирдээх-уоттаах өрөспүүбүлүкэбитигэр уларыйыы эрчимэ күүһүрэр. Саҥа суоллар тутуллаллар, дьону хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамматынан үлэ киэҥ далааһыннаахтык салҕанар, саҥа социальнай эбийиэктэр үлэҕэ киирэллэр, куораттар уонна бөһүөлэктэр тупсарыллаллар, промышленнай бырайыактар ситиhиилээхтик олоххо киирэн үтүө түмүктэри аҕалаллар.
Сомоҕолоһуу сылынан биллэриллибит 2019 сылга Саха сирин бары олохтоохторо бэйэлэрин үлэлэринэн уонна көҕүлээһиннэринэн инники сайдыыга олук ууран, өрөспүүбүлүкэбит чэчирии сайдарын туһугар кылааттарын киллэрэллэр. Бу үөрүүлээх күн Сахабыт сирин хас биирдии олохтооҕор биир сүбэнэн уонна доҕордуу сыһыанынан төрөөбүт дойдубут кэскилин түстүүргүт иhин дириҥ махталбын тиэрдэбин!
Биһиги өрөспүүбүлүкэбит чэчирии сайдар тирэҕинэн ил-эйэ, үтүө сиэр-майгы, бэйэ-бэйэҕэ ытыктабыыллаах сыhыан буолар. Бүгүн биhигини барыбытын төрөөбүт Сахабыт сиригэр тапталбыт, ытыктабыллаах сыhыаммыт, инникигэ эрэлбит бииргэ түмэр, сомоҕолуур.
Бырааһынньыгынан, күндү доҕоттор! Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн! Ис сүрэхпиттэн хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ, алаһа дьиэҕэ үтүөнү, эйэни уонна сөбүлэһиини баҕарабын. Уйгулаах уонна дьоллоох буолуҥ, бары саҕалааһыҥҥыт ситиһиилэннин!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев