×

Поздравление главы Якутии Айсена Николаева с Национальным Днем Олонхо

12:21 - 25.11.2018
Поздравление главы Якутии Айсена Николаева с Национальным Днем Олонхо
Уважаемые якутяне!

От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично поздравляю вас с Днем Олонхо!

Олонхо, как величайший устный памятник бытовал у народа Саха испокон веков, передаваясь из поколения в поколение. Он включает в себя целый свод народных знаний и представлений о строении мира, принципах добра и зла, о торжестве душевной красоты и целеустремленности, который смело можно отнести к ряду великих философских учений.

13 лет назад 25 ноября 2005 года международной организацией ЮНЕСКО Олонхо был признан шедевром нематериального культурного наследия человечества. Включение героического эпоса во Всемирный список ЮНЕСКО стало признанием значения уникальной самобытной культуры и устного народного творчества якутского народа в пространстве мировой духовной культуры.

Одним из приоритетов государственной политики Республики Саха (Якутия) является сохранение духовной культуры народа, изучение и распространение якутского героического эпоса, приобщение молодого поколения якутян к непреходящим жизненным ценностям. Этой работе способствует ежегодное проведение в республике Ысыаха Олонхо и учреждение Национального Дня Олонхо.

Предпринятые шаги по сохранению олонхо пробудили интерес к древнейшему эпосу всего мирового сообщества. Якутский героический эпос по праву признан общенациональным достоянием мировой культуры. Спектакли по якутскому эпосу успешно ставятся на сценах мировых театров, завоевывая любовь и признание зрителей со всего мира. Недавно якутяне имели возможность насладиться спектаклем, поставленным по мотивам знаменитого олонхо Платона Ойунского «Туйаарыма Куо» в исполнении Пекинской оперы Куньцюй.

Отрадно, что эпос Олонхо, как и столетия назад, продолжает сохранять свою актуальность и востребованность в реалиях современного времени. Сегодня подрастающее поколение якутян изучает олонхо, начиная с детского сада. Мы стремимся воспитывать наших детей, опираясь на духовно-нравственные ценности, воспетые в древнем эпосе.

Дорогие друзья! Желаю вам стремления к познанию, сохранению и приумножению культурного и духовного наследия Олонхо!

Глава Республики Саха (Якутия)     А.С. Николаев

Ытыктабыллаах Саха Сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эhигини саха норуотун героическай эпоhа Олоҥхо күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Yгүс үйэлэр усталарыгар биһиги олоҥхобутун өрө тутан, өбүгэлэрбит хайдах хаалларбыттарынан харыстаан илдьэ кэллибит. Өбүгэ саҕаттан Олоҥхо биһиги норуоппут өркөн өйүн, философиятын, айылҕаҕа уонна дьоҥҥо сыһыанын, иллээх-эйэлээх олоххо тардыһыытын, кыайыыга-хотууга, кэрэҕэ-сырдыкка дьулуурун туоһулуур. Саха норуотун киэн туттуута – Олоҥхо,  ис хоһоонунан, баай тылынан, ураты уһун толоруутунан аан дойду олохтоохторун сөхтөрүөн сөхтөрөр, саха төрүт культуратын, духуобунай сыаннастарын аар-саарга аатырдар.

13 сыл аннараа өттүгэр 2005 сыл сэтинньи 25-с күнүгэр ЮНЕСКО тэрилтэтэ Олоҥхону аан дойду норуоттарын тылынан уус-уран бастыҥ айымньытынан билиммитэ. Ол кэмтэн ыла олоҥхону харыстааһыҥҥа, үөрэтиигэ, тарҕатыыга, араас омук тылынан тылбаастааhыҥҥа, аныгы технологиялары туhанан үйэтитиигэ дьоhуннаах үлэ саҕаламмыта.

Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ саха норуотун дэҥҥэ көстөр культурнай нэһилиэстибэтин – Олоҥхону, салгыы сайыннарыыга, үөрэтиигэ, кэнэҕэски көлүөнэҕэ чөл тиэрдиигэ, аан дойдуга тарҕатыыга туhуламмыт үлэ былааннаахтык ыытыллар. Бу үгүс өрүттээх үлэ биир сүрүн хайысхатынан Олоҥхо Ыһыаҕын тэрийии итиэннэ сыллата сэтинньигэ Олоҥхо күнүн бэлиэтээhин иитинэн анал декаданы тэрийии буолар.

Аан дойду үрдүнэн саха норуотун уус-уран айымньытыгар интэриэс уонна болҕомто күнтэн күн улаатан иhэр. Улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай суруйбут «Туйаарыма Куо» олоҥхотунан туруоруллубут испиктээкили соторутааҕыта Саха Сирин олохтоохторугар Кытай Пекин куоратын Куньцюй опера театра улахан сыанаҕа сүрэхтээбитэ да элбэҕи этэр.

Аныгы сыыдам сырыылаах да үйэ кэмигэр Олоҥхо бэйэтин уhулуччу суолтатын, дириҥ ис хоhоонун, олоххо, дьоҥҥо-сэргэҕэ, айылҕаҕа, төрөөбүт дойдуга сыhыан киэҥ өйдөбүллэрин ыhыктыбакка бэйэтигэр илдьэ сылдьара кэрэхсэбиллээх. Билигин кырачааннар уhуйаантан саҕалаан төрөөбүт тыл сүөгэйин сүмэтин олоҥхо нөҥүө иҥэринэллэр, симэлийбэт тутаах өйдөбүллэри билэ улааталлар.

Күндү доҕоттор! Өбүгэлэрбит кэс тылларын энчирэппэккэ, төрүт культурабытын харыстыырга, байытыыга, кэнчээрии  ыччакка чөл тиэрдиигэ дьулуhуоҕуҥ! Төрөөбүт дойдубут чэчирии сайдарын туhугар кыhаллыаҕыҥ!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана                   А.С. Николаев

Новости Якутии в Whatsapp
Читать