В Сунтарский улус с рабочим визитом прибыл Якутский природоохранный прокурор Андрей Ноговицын
Прибывший в Сунтарский улус природоохранный прокурор Андрей Ноговицын заслушал Председателя КЧС Сунтарского улуса Николая Александрова, а также доклады Сунтарского лесничества, инспекции экологии, ОВД Сунтарского района и Государственного пожарного надзора. Прокурор задал множество вопросов, связанных с организационными вопросами, кроме того подчеркнул необходимость усиления работ, проводимых надзорными органами по профилактике возникновения лесных и техногенных пожаров.
***
Сунтаар улууһугар оробуочай сырыыннан ойуур баһаардарын турууларын умуруоруутугар ыытыллар үлэлэр хаамыыларын хонтуруоллуу СӨ айылҕа харыстабылын прокурора Андрей Ноговицын кэллэ
Атырдьах ыйын 11 күнүгэр, улуустааҕы ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Николай Александров уонна айылҕа харыстабылын кэтээн көрөр надзорнай органнар сүбэ мунньах тэрийдилэр.
Билиҥҥи туругунан Саха сирин улуустарыгар саамай элбэх 103 ахсааннаах ойуур баһаара Сунтаар улууһугар турбута бэлиэтэнэр. Онно дьону түмэ тардан суһал бөлөхтөрү тэрийиигэ, уоту умуруорар тэриллэринэн уонна ону таһынан улахан техниканнан хааччыйан далааһыннаах үлэлэр бараллар. Билигин хас биирдии нэһилиэктэргэ минерализованнай сурааһын тардыытын кэҥэтэргэ үлэ барыахтааҕын СӨ айылҕа харыстабылын прокурора Андрей Ноговицын иһитиннэрдэ.
"Сунтаар улууһа (оройуона)" муниципальнай оройуон дьаһалтатын пресс-сулууспата.